Иһинээҕитигэр көс

Деноминация

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Деноминация (лат. denominátio — аатын уларытыы диэн тылыттан) — дойду харчытын (харчы — туох баар табаар сыанатын быһаарар уонна атастаһарга суолталаах уопсай эквивалент) суолтатын үрдэтии. Деноминация харчы эргиирин чэпчэтэр уонна харчы суолтатын үрдэтэр сыалтан ыытыллар. Деноминация түмүгэр эргииргэ сылдьар харчы уонна манньыат ахсаана аччыыр.

ССРС уонна АФ устуоруйатыгар деноминация хаста да буолбута: 1922, 1923, 1924, 1947, 1961 уонна 1998 сылларга.

1997 атырдьах ыйын 4 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнин № 822 Ыйааҕа тахсыбыта: «Об изменении нарицательной стоимости российских денежных знаков и масштаба цен»[1].

Постановляю cогласиться с предложением Правительства Российской Федерации и Центрального банка Российской Федерации об укрупнении российской денежной единицы, проведении с 1 января 1998 года деноминации рубля и замене обращающихся рублей на новые по соотношению 1000 рублей в деньгах старого образца на 1 рубль в новых деньгах, обеспечив параллельное обращение старых и новых денежных знаков в течение 1998 года.

Деноминация 1000:1 коэфициеннаах ыытыллыбыта, ол аата биир саҥа солкуобайга 1000 эргэ солкуобай тэҥнэһэр этэ (1993 уонна 1995 сс.). Деноминацияламматах манньыаттар бары төлөбүр сириэстибэтэ буолалларыттан тохтообуттара.