Кулун тутар 1
Тас көрүҥэ
Кулун тутар 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 60-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 61-c күнэ). Сыл бүтүө 305 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ (ЮНЭЙДС) — Дискриминацияны утарар күн[1]. Бу күн ЮНЭЙДС (ВИЧ/СПИД утары ХНТ программата) көҕүлээһининэн ыытыллар. Ол эрээри, бэлиэ күн аҥардас биир ыарыыга ылларбыт дьон тэҥ бырааптарыгар эрэ болҕомто тардыынан муҥурдаммат, хабар эйгэтэ киэҥ: дискриминация ханнык баҕарар көстүүлэрэ дьону тэҥэ суох гыналлар, дьон олоҕун айгыраталлар. Бэлиэ күн быйылгы тимэмэтэ: Дьахтары уонна кыыһы дискриминациялыыры төрдүттэн суох оҥоруу.
- Гражданскай көмүскэнии аан дойдутааҕы күнэ
- Имбэлииттэри өлөрүүгэ болҕомто уурар күн
- Бэйэ этин-сиинин бааһырдыыга болҕомто ууруу күнэ
- Комплимент аан дойдутааҕы күнэ [2]
- Исландия — Пиибэ күнэ. 1989 сыллаахха бобуу суох буолбутун кэннэ бэлиэтэнэр
- Ираак (Курдистаан) — Мустафа Барзани күнэ
- Парагвай — Дьоруойдар күннэрэ
- Босния уонна Герцеговина — Тутулуга суох буолуу күнэ (Югославияттан, 1992)
- Польша — "Кырыыстаах саллааттары" ахтар күн
- Маршалл арыылара — Ахтыы күнэ
- Соҕуруу Кэриэйэ — Самилджоль. 1910-1945 сс. Япония баһылыырын утары хамсааһын сиэртибэлэрин ахтар күн. 1919 сыллаахха Сеулга бу күн улахан хаан тохтуулаах дьалхаан буолбута
- Румыния, Молдавия — Марцишор, саас саҕаланыыта
- Микронезия (Йап штаат) — Йап күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1562 — Васси диэн сиргэ (Франция) 63 гугеноту өлөрбүттэр, мантан сылтаан Францияҕа итэҕэл сэриилэрэ саҕаламмыттара.
- 1810 — Александр I ыраахтааҕы Абхазия Арассыыйа Импиэрийэтигэр киирбитин туһунан манифест таһаарбыт.
- 1811 — Мамлюктар династияларын баһылыктарын Эгиипэт ыраахтааҕыта Мухаммед Али өлөттөрбүт.
- 1896 — Анри Беккерель атомнар радиациялаах үрэллиилэрин арыйбыт.
- 1921 — Петроградка көҥүлү кэҥэтии иһин дьалхаан буолбутун түмүгэр Кронштадтааҕы өрө туруу саҕаламмыт, мотуруостар уонна куорат олохтоохторо бассабыыктар утары саа-саадах туппуттар.
- 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: Болгария Тройственнай пакт диэн докумуоҥа илии баттаан Германия, Италия уонна Япония өттүлэригэр буоларын биллэрбит.
- 1945 — Аан дойдутааҕы харчы пуондата тэриллибит.
- 1953 — Иосиф Сталин инсуллаабыт уонна өйүн сүтэрит; түөрт хонон баран өлбүтэ.
- 1966 — Сэбиэскэй "Венера-3" хараабыл Чолбоҥҥо сууллубут, атын планетаҕа түспүт бастакы хараабыл буолбут.
- 1967 — Мэҥэ Хаҥаласка Герой Попов аатынан совхоз тэриллибит.
- 2004 — Михаил Фрадков Арассыыйа премьер-миниистирэ буолбут.
- 2008 — Читинскай уобалас уонна Агинскай-Бурятскай автономнай уокурук холбоһоннор Забайкальскай кыраай үөскээбит.
- 2011 — Арассыыйаҕа «Полиция туһунан» сокуон олоххо киирбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1932 — Дьокуускайга Роза Шелехова — Саха Сирин советскай уонна гражданскай сэрии кэминээҕи устуоруйатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1934 — Үөһээ Бүлүү Ороһутугар Николай Тобуруокап — лингвист учуонай, литэрэтиирэ кириитигэ, филология билимин дуоктара. Өксөкүлээх Өлөксөй, Б. Ойуунускай, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Кындыл Уйбаан, Сэмэн Руфов о. д. а. саха суруйааччыларын, бэйиэттэрин айымньыларын сиһилии чинчийбитэ.
- 1934 — Иннокентий Томскай (19.09.2001 өлб.) — саха биллиилээх учуонайа, экономика билимнэрин дуоктара.
- 1935 — Ньурба Таркаайытыгар Нүһүлгэн (Ксенофонт Уткин) — философия билимин дуоктара, профессор, бэйиэт уонна литэрэтиирэ кириитигэ.
- 1946 — Таас Үрэх бөһүөлэгэр (билигин Мииринэй оройуона) Виталий Басыгысов — 2008 с. Ил Түмэн бэрэстээтэлэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1981 — Таллан Бүрэ (Ефрем Сивцев, 25.01.1909 төр.) — Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн төрүттээх саха биллиилээх суруйааччыта. Бэйиэт туһунан Сэмэн Данилов маннык эппиттээх: "Кини өрүү тыл ойуулуур, оһуордуур кэриҥин, кыаҕын кэҥэтэр иһин охсуһар".
|
- ↑ Международные дни(нууч.). www.un.org (6 Тохсунньу 2015). Тургутулунна 13 Тохсунньу 2020.
- ↑ [https://www.calend.ru/holidays/0/0/3351/ Всемирный день комплимента - 1 марта. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020