Иһинээҕитигэр көс

1993

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1989 1990 1991 199219931994 1995 1996 1997
Уоннуу сыллар
1960-с 1970-с 1980-с1990-с2000-с 2010-с 2020-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1993 сыл.

  • Кулун тутар 8 — Бивис уонна Баттхед диэн ойуулук дьоруойдара MTV-га аан бастаан тахсыбыттар.
  • Кулун тутар 11Грузия түмэнэ гражданствону грузин тылын билииттэн тутулуга суох биэрэр туһунан сокуон ылыммыт.
  • Кулун тутар 25Борис Ельцин "Былаас кириисиһин тохтотуохха диэри ситэриилээх былаас уорганнарын үлэтин туһунан" диэн 379№ ыйаах таһаарбыт. Бу ыйаах бэрэсидьиэн Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтин кытта утарыта турсуутун түмүгэ этэ.
  • Кулун тутар 27Цзян Цзэминь Кытай салайааччыта буолбут.
  • Муус устар 17 — Петербург Бэһис каналыгар "Городок" биэрии аан бастаан тахсыбыта.
  • Муус устар 25 — Арассыыйаҕа референдум буолбут. Олохтоохтор улахан аҥаардара бэрэсидьиэн Б. Ельцин бэлиитикэтин өйөөбүт (58,7 %), ол эрээри кини Үрдүкү Сэбиэти ыһар этиитин утарбыт.
  • Ыам ыйын 19 күнүгэр СӨ Үрдүкү Сэбиэтин XVIII сиэссийэтэ тыллар тустарынан сокуону олоххо киллэрэргэ анаммыт судаарыстыба бырагырааматын ырытан оҥорорго көрүк (концепция) ылыммыта.
  • Бэс ыйын 19 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Таатта ыһыаҕар сылдьыбыт.
  • Бэс ыйын 30 — Өрөспүүбүлүкэҕэ алмаас хостооһунуттан эмсэҕэлиир улуустары өйүүр соруктаах "САПИ" үп корпорацията тэриллибит. Бу туһунан 481№ ыйааҕы СӨ бэрэсидьиэнэ таһаарбыт. "Арассыыйа-Саха алмаастара" тэрилтэ сыллааҕы атыытыттан 2% бу тэрилтэҕэ биэрэр буолбут.
  • От ыйын 7 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Николай Терешкин диэн киһини сэрии кэмигэр Бэрдьигэстээх таһыгар саахалламмыт сөмүлүөккэ баар дьону быыһаабытын иһин «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыт (өлбүтүн кэннэ).
  • От ыйын 9Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа Территориялартан Нунавут диэн инуиттар (эскимостар) олорор сирдэрэ туспа территория буолан араарыллыбыт. Бу Арктикаҕа сытар олус киэҥ уонна кыра нэһилиэнньэлээх сир (2012 сыллаахха — 33 тыһ. киһи).
  • От ыйын 12 — Түүр култууратын уонна ускуустубатын сайыннарар тэрилтэ диэн аатынан (туур. Türk Kültür ve Sanatları Ortak YönetimiTürk Kültür ve Sanatları Ortak Yönetimi) Алматы куоракка билигин Түүр култууратын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (Тюрксой) диэн ааттаах тэрилтэ олохтоммута. Бу тэрилтэ ЮНЕСКО иһинэн үлэлиир.
  • От ыйын 26 — Арассыыйаҕа ССРС харчыта туттуллара тохтообут.
  • От ыйын 30 — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр "Мэдиссиинэ Национальнай киинин" тэриийии туһунан 496№ СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыт.
  • Алтынньы 4Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Үрдүкү Сэбиэт үлэтин тохтотоору Москубаҕа тааҥкалардаах аармыйа киллэрбит уонна Үрүҥ Дьиэни штурмалаабыт. Икки нэдиэлэлээх былаас былдьаһыытыттан Борис Ельцин кыайыылаах тахсыбыт.
  • Алтынньы 5 — Тоҕус ый кэриҥэ буолбут былаас кириисиһэ түмүктэнэн, "Известия" хаһыакка "42 киһи суруга" тахсыбыт. Бу сурукка култуура аатырбыт диэйэтэллэрэ "Үрүҥ дьиэҕэ" олорбут Арассыыйа түмэнин көмүскээччилэрин кытаанахтык дьарыйарга, өлөртүүргэ, утарылаһар баартыйалары сабарга модьуйбуттара. Бэрэсидьиэн Борис Ельцин сотору кэминэн Арассыыйаҕа оппозиционнай баартыйалары уонна хаһыаттары, кырдьык, боппута. Ол эрээри, аҕыйах нэдиэлэ буолан баран, аһара элбэх киһи маны сөбүлээбэтэҕин билэн, ыйааҕын бэйэтэ көтүрбүтэ.
  • Алтынньы 7Арассыыйаҕа № 1 Пост Ленин мавзолейыттан Биллибэт Саллаат уҥуоҕар көһөрүллүбүт.
  • Алтынньы 20 — СӨ бэрэсидьиэнин 596№ ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин биэнсийэҕэ сулууспатын департаамена тэриллибит.
  • Сэтинньи 1Европа Сойууһун олохтуур Маастрихт дуогабара күүһүгэр киирбит. Европа Сойууһа биир өттүттэн судаарыстыбалар холбоһуктара буолар, биир өттүттэн бэйэтэ судаарыстыба буолар. Билигин Европа Сойууһугар 27 дойду киирэр, нэһилиэнньэтин ахсаана 453 мөлүйүөн киһи, экэниэмикэтин сабардамынан быһа холоон АХШ уонна Кытай тэҥнээхтэрэ.
  • Сэтинньи 1Туркменистааҥҥа бэйэлэрин харчылара — манат — олоххо киирбит
  • Сэтинньи 2 — Англикааннар сыаркаптарыгар дьахталлары аҕабыыт оҥорор туһунан быһаарыыны Британия түмэнэ бигэргэппит.
  • Сэтинньи 3Арассыыйа премьер-миниистирэ Черномырдин «БеркакитТоммот — Дьокуускай (Уҥа Өлүөнэ) тимир суолун тутуутугар ылыныллар миэрэлэр тустарынан» уураахха илии баттаабыт. Манна атын миэрэлэр истэригэр, холобур, таас чоҕу хостуур Саха сирин тэрилтэлэрэ бөлүүтэнэн(валюта) киллэрэр харчыларыттан 10 % суолу тутууга угуохтаахтарын туһунан этиллибит.
  • Сэтинньи 3 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев Москубаҕа Швеция посолун Бернеры кытта көрсүбүт.
  • Сэтинньи 18ЮАР-га саҥа конституция ылыныллан, хара тириилээхтэр бырааптара кэҥээбит, үрүҥ тириилээхтэр баһылаан олорбуттара тохтотуллубут.
  • Ахсынньы 4—8 — Парижка, ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар Былатыан Ойуунускай 100 сааһын бэлиэтээһин буолбут. Ол иһинэн М. Николаев уонна Саха сирин учуонайдара кыттыылаах билим кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыт, Саха сирин артыыстара икки тыһыынча олбохтоох саалаҕа кэнсиэр туруорбуттар, онно "Алмазы Якутии", "Ньургуһун" уонна "Кыталык" оҕо ансаамбыллара кыттыбыттар.
  • Ахсынньы 12 — Бүттүүн норуот референдумун быһаарыытынан Арассыыйа Конституцията ылыллыбыт.
  • Ахсынньы 12Ил Түмэн бастакы састаабыгар 56 дьокутаат талыллыбыт: Өрөспүүбүлүкэ палаататыгар — 35, Бэрэстэбиитэллэр Палааталарыгар — 21.
  • Ахсынньы 24Башкортостааҥҥа Төрүт сокуон ылыллыбыт.
  • Бэс ыйын 4Георгий Милляр (1903 с.т.), тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, РСФСР норуот артыыһа. Аатырбыт режиссер Александр Роу 16 остуоруйа киинэтигэр Дьэгэ Баабаны уонна хас да омсолоох дьоруойу оонньообута. Аҕата Марсельтан төрүттээх француз этэ, ийэтин аҕата Иркутскайга көмүс хостуур бириискэлэрдээҕэ.