Иһинээҕитигэр көс

Куртуйах

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Куртуйах
Lyrurus tetrix tetrix

Куртуйах (лат. Lyrurus tetrix) - орто мас көтөрө. Атыыра арыый бөдөҥ, күөх толбонноох хара түүлээх, кутуругун анна маҥан, тыһыта - эбириэн бороҥ. Куртуйах атыыра кутуруга атын көтөрдөртөн ураты көрүҥнээх, тута араарыллар.

Тумса кылгас. Атыыра 49-58 см усталаах, 1,0 - 1,4 киилэ ыйааһыннаах буолар. Хааһа кыһыл. Тыһыта эриэн түүлээх улар тыһытыгар майгыныыр гынан баран кынатыгар үрүҥ түүлээх.

Куртуйах атыыра хас да тыһылаах буолар. Саас иссэр кэмигэр элбэх куртуйах биир сиргэ мустан, охсор. Ол кэмҥэ буоһаабыт тыһы 7-9 сымыыттанар. Оҕото ийэтин батыһар, сайын от быыһыгар саһар, күһүн отоҥҥо тахсар[1].

  1. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.56