Кастриоти, Доника
Кастриоти Доника | |
Төрөөбүтэ: |
1428 (1428) |
---|---|
Өлбүтэ: |
1506 (1506) |
Эрэ: | |
Оһолоро: |
Уола − Гьон Кастриоти II |
Кастриоти Доника Викисклад |
Доника Кастриоти (алб. Andronika (Donika) Kastrioti, төрөөбүтүнэн Arianiti-Muzaka; 1428–1506) — албаан дворянката, Албания национальнай дьоруойа Скандербег ойоҕо.
Биографията
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1428 сыллаахха Влера куорат таһынааҕы Канина кириэппэскэ Георгий Арианити уонна кини бастакы ойоҕо Мария Музаки дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ.
1451 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр Георгий Кастриотига (Скандербекка) ойох тахсыбыт. Кинилэр ыал буолбуттарын түмүгэр икки улахан, биллиилээх аймах доҕордуу сыһыаннара бөҕөргөөбүт, ону сэргэ православия таҥаратын дьиэтэ Фиери куораттан аҕыйах биэрэстэлээх сиргэ турар Ardenica Monastery[1] манастыырга дьайар кыаҕа улааппыт. Доника бииргэ төрөөбүт балта Ангелина Сербия салайааччыта, өлбүтүн кэннэ Сербиятааҕы православнай таҥара дьиэтигэр сибэтиэйгэ тэҥнэммит Стефан Бранкович ойоҕо этэ.[2]
Осман импиэрийэтэ Албанияны сэриилээн ылбытын кэннэ, Кастриотилар Италияҕа көспүттэрэ. Онно тиийэн Неаполитания королевствотыгар дворян титулун ылбыттара. Ону сэргэ кинилэргэ Галатинатааҕы Сан-Пьетроҕа феодаллыы сир, оттон Лечче провинция Солетотугар -- община биэрбиттэрэ. Кинилэр суос-соҕотох уоллара Гьон Кастриоти II Лазар Бранкович диэн Серб деспотиятын салайааччытын кыыһын Ирен Бранкович Палеологу ойох ылбыта.
Доника Кастриоти 1505 сыллаахха (сорох чахчыларынан 1506 сыллаахха) Испанияҕа өлбүтэ. Билигин Албания хас да куоратыгар кини аатын сүгэр уулуссалар бааллар.
Бэлиэтээһиннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Gjika, Ilirjan Manastiri i Ardenices (Albanian). Тургутулунна 28 От ыйын 2010.
- ↑ Elsie, Robert (2001). A dictionary of Albanian religion, mythology and folk culture. C. Hurst. p. 9. ISBN 978-1-85065-570-1. http://books.google.se/books?hl=el&id=N_IXHrXIsYkC&q=Angelina#v=snippet&q=Angelina&f=false. Retrieved on 26 November 2010.