Говард Хьюз
Говард Хьюз (ааҥл. Howard Robard Hughes, Jr.; ахсынньы 24 1905 — муус устар 5 1976) — АХШ урбаанньыта, инженер, авиация пионера, киинэ режиссёра, продюсера. 1938 сыллаахха от ыйыгар Сири эргийэр айанын кэмигэр сөмүлүөтэ Дьокуускайга түһэн ааспыта.
Lockheed 14 диэн кыра транспортнай икки мотуордаах сөмүлүөтүнэн көппүтэ (en). 1938 сыл от ыйын 10 күнүгэр 1500 галлон уматыктаах (5678 лиитэрэ), биэс киһилээх Lockheed Нью-Йорктан Парижка көппүт. Салгыы Москубаҕа түһэн ааспыт. Онно төһө да улахан көрсүһүү бэлэмнээбиттэрин үрдүнэн, 2 эрэ чаас кэриҥэ тохтообут. Онтон Омскайга көппүт. Омскайтан от ыйын 13 сарсыардатыгар күн тахсыыта Дьокуускайга көппүт. Киренскай үрдүнэн Нью-Йорк кэминэн 1 чаас 45 мүнүүтэҕэ көтөн ааспыт.
Г.Л. Еремеева диэн Гимеин үлэһитэ (синоптик) ахтыбытынан Погода бюротун үлэһиттэрэ эрдэттэн каарта уруһуйдаабыттар, трасса устун халлаан туругун прогноһун оҥорбуттар, ол кэмҥэ Өймөкөөҥҥө уонна Халымаҕа 10 бааллааах былыт турара, ардах түһэ турара диэн ахтыбыт. Аэродромунан ол саҕана билигин Дьокуускай аэропорда турар хонуута эбит. Омскай блогера суруйарынан Дьокуускайга киэһэ алта чааска көстүбүт[1]. Еремеева сөмүлүөккэ 5 киһи баара диэн суруйбат, иккис пилоту ахтыбат, лүөччүк соҕотох этэ, кинини кытта спортивнай комиссар уонна бортмеханик бааллара диир (икки киһи, ол иһигэр иккис пилот Гарри Коннор сөмүлүөккэ утуйа сыппыт буолуохтарын сөп). Көтөн кэлэллэригэр айанньыттарга анаан ас бөҕөнү бэлэмнээбиттэр да, лүөччүк бэйэтэ аһаабатах, кофе эрэ испит уонна тиэрмэһигэр куттубут.
В своих многочисленных выступлениях Хьюз неизменно подчеркивал гостеприимство жителей столицы северной республики. Корреспонденту республиканской газеты Говард Хьюз сказал, что над советской землей самолету погода благоприятствовала, только в Омске их застал дождь. От Омска до Якутска шли на высоте три тысячи метров со средней скоростью 330 километров в час. Омскай блогера
Тылбаасчыт көмөтүнэн консультациялаабыттар. Онтон массыынанан Номтан ыыппыт халлаан туругун туһунан сибидиэнньэлэри аҕалбыттар. Ол кэннэ айанньыттар салгыы көппүттэр.
Еремеева ахтарынан кини бииргэ үлэлиир дьүөгэтинээн А.К. Мозолевскайалыын тэлиэгэлээх атынан аэродромҥа баран истэхтэринэ сөмүлүөт кэлбит. Онон кинилэр хонууттан туораан биэриэхтэригэр диэри иккис куруук оҥорорго күһэллибит[2].
Салгыы сөмүлүөт Аляскаҕа Фэрбанкс куоракка түһэн ааспыта, онтон Миннеаполиска тиийбитэ уонна от ыйын 14 күнүгэр Нью-Йорк Флойд Беннет Филд аэропордугар төннүбүтэ. 3 суукка 19 чаас 8 мүнүүтэ 10 сөкүүндэ көтөн рекорд олохтообута. Суолун уһуна 23 612 км буолбута.
Бу киһи туһунан хас да киинэ уһуллубута, ордук биллэринэн Мартин Скорсезе "Авиатор" киинэтэ буолар. Онно Хьюз оруолун Леонардо Ди Каприо толорбута.
Кини кэлэ сылдьыытын туһунан ахтыыны хаалларбыт Галина Львовна Еремеева 1937 сыллааххха Дьокуускайдааҕы погода бюротугар синоптигынан саҕалаабыт, 1942-45 сс. Чукоткаҕа Уэлькаль бөһүөлэккэ синоптиктары салайбыт, Америкаттан лендлиһынан көтөн ааһар сөмүлүөттэри арыаллаабыт. 1951 с. Ньурбаҕа көтүүлэр синоптиканнан хааччылыыларын тэрийбит.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ https://omchanin.livejournal.com/1248967.html
- ↑ И.Е. Негенбля Возродить славные традиции: События и люди гражданской авиации Якутии. — Якутск: Якутский край, 2003. — С. 126-127, 209. — 344 с. — 1000 экз. — ISBN 5-85259-742-2