Иһинээҕитигэр көс

Византия Империята

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Юстиниан салайыытыгар Византия Империятын тарҕаныыта
Палеологус династиятын эмблемата

Византия Империята (сороҕор Илин Рим Империята) диэн Рим Империятын Грек чааһын аатыллар, орто сылларга дылы хаала сылдьыбыта. Киин куоратынан Константинополь этот, билигин Турцияҕа баар, Стамбул диэн билигин ааттаах. Арҕаа Рим Империятыттан уратыта диэн дьон Латыын тылын буолбакка Грек тылын саҥараллар этэ уонна грек культурата тарҕаммыт этэ.[1][2][3]

Империя саҕаланыыта: 330–476 сыллар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

324 сыллаахха Рим Императора Константин I Рим Империятын киин куоратын Византияҕа көһөрбүтэ, уонна Константинополь диэн ааттаабыта. 150 сылынан германскай норуоттар Рим куораты ылбыттарын кэнниттэн Империя киин куоратынан Константинополь буолбута. Ол иннинэ буолан ааспыт Рим Империятын территориятыттан кыра этэ.


Империя кутталга сылдьыыта: 476–717 сыллар икки ардыгар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Византия Империята Римы уонна Италияны германскай норуоттартан төттөрү ыла сатаабыта. Биһиги эрабыт 530–555 сыл иннинэ Византия хас даҕаны кыргыһыыны кыайбыта уонна Римы төттөрү ыла сылдьыбыта.

Ол гынан баран уһунннук оннук сылдьыбатаҕа, Өссө элбэх германскай норуоттар кэлэн кыргыһан төттөрү Римы былдьаабыттара. Ол кэнниттэн Славянскай норуоттар билиҥҥи Болгария уонна Греция баар сирдэрин ылбыттара. 560 сыл кэннттэн кэлиилэр Балкаан тумул арыы улахан өттүн ылбыттара.

Римы германскай норуоттарга былдьатан баран Империя билиҥҥи Египет, Греция, Палестина, Сирия уонна Турция сирдэрин салайан олорбута. Ол гынан баран атын империя - Персидскай Империя ол сирдэри былдьыыр санаалаах этэ. Биһиги эрабыт 224–628 сылларгыр Римляннар уонна Перстар араас кыргыһыыларга охсуспуттара, элбэх дьон өлбүтэ. Перстары билиҥҥи Иракка баар Ниневех диэн былыргы куорат аттыгар 627 кыаттарбыттара, ол иһин Византия сирдэрин хаххалаабыта.

Ол кэнниттэн атын куттар үөскээбитэ - Араабтар. Византия ол бириэмэҕэ Персияны кытта сэриилэрин кэнниттэн номнуо мөлтөх туруктаах этэ. Ол иһин сатаан охсуһар туруга суох этилэр. 635 уонна 645 сыллар икки ардыларыгар Палестинаны, Сирияны, Египет баар сирдэрин сүтэрбиттэрэ. Ол гынан баран Кыра Азия (билиҥҥи Турция) сирин көмүскээбиттэрэ, ол кэнниттэн Араабтар хамсаныылара тохтообута.

Империя чөлүгэр түһүү: 717–1025 сыллар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

718 сыллаахха Араабтартан көмүскэлэммитэрэ, ол кэнниттэн Араабтар хамсаныылара тохтонуллубута, ол бириэмэҕэ арҕаа өттүгэр Болгаардары кытары сэрии буола турара, сорох кыргыһыылар ситиһиилээхтик ааһаллар этэ, онтон сорох кыргыһыылары кыаттарбыттара, ол гынан баран элбэх дьон өлбүтэ. бириэмэ ааспытын кэннэ кыра-кыралаан мөлтөөн сири сүтэрэрин саҕалаабыта.

Арҕаа өттүгэр чөлүгэр түһүү

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1007–1014 сыллаахха амбициялаах Византия Императора Василий II Болгарияҕа хаста даҕаны саба түспүтэ уонна сотору кыайбыта. Кэлин Грецияны барытын ылбыта уонна Византия туругун чөлүгэр саҕалаабыта. Болгария сирин былдьаан ылыларын 1018 сылга бүтэрбитэ.

Илин өттүгэр чөлүгэр түһүү

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Илин өттүгэр Араабтар эмиэ куттал буолбуттар, ол гынан баран Василий II үчүгэйдик салайан хаххалаабыта. Сирия улахан өттө, Турция уонна Армения тутан олорор буолбут. 1025 сыл кэнниттэн Араабтар номнуо куттал буолан бүппүттэр.

Империя кэхтиитэ 1025–1453

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Византия Императора Василий II өлбүтүн кэннэ араас императордар троҥҥа кэлэ сылдьыбыттар. Харчыны бараабыттар уонна армияны олус кыччаппыттар. Ол түмүгэр сатаан көмүскэммэт Империяҕа кубулуйарын саҕалаабыт. Сотору буолан баран армиятыгар легионердар баар буолбуттар - атын сирдэртэн кэлбит дойдуга буолбакка харчыга охсуһар дьон, ол иһин кинилэргэ сатаан эрэммэт буолбат этэ. Легионердартан тутулуктаахтарыттан иһин байыаннай генерааллар былааһы ылыахтарын уонна узурпациялыахтарын сөп буолбут.

Туроктар саба түһүүлэрэ: 1071–1091

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Туроктар диэн биллэр дьон улахан аармиянан Орто Азияттан кэлэн Византияҕа саба түспүттэрэ. Турция бары территориятын 1091 сыллага номнуо тута олорор буолбуттара. ОЛ гынан баран Византияҕа Европа дойдулара көмө оҥоробуттара. Ону Бастакы Крестовай Поход диэн ааттаабыттара. Элбэх рыцарьдар уонна саллаатттар Византияҕа көмөлөһө кэлэн уонна Иерусалимы христианнарга халлараары кэлбиттэрэ. Ол бириэмэҕэ Иерусалим мусульманнар тутан олороллоро.


Византия тиллиниитэ 1091–1185

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Византия империята тыыннаах хаалбыта уонна Европаттан кэлбит дьон көмөтүнэн Турция аҥарын Туроктартан былдьаабыта, онтон атын аҥарын Туроктар тутан олорбуттара. Ол бириэмэҕэ Империяны бэйэ бэйэлэрин кэнниттэн үс талааннаах салайааччылар олорбуттара, ол кэнниттэн Византия олус сайдыбыта.

Империя суола буорту буолуута 1185-1261

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Үс үчүгэй Императордар кэнниттэн куһаҕаннык салайыллыбыта уонна өссө биирдэ харчы бөҕө уонна саллаат барыллыбыта.

Арҕаа өттүттэн Европа дойдулара таҥнары түһэн Константинополы сотору -сотору саба түһэр буолбуттар. 1204 сыллахха киин куораттарын Константинополы сүтэрбиттэрэ. Византия кыра грек штаттарыгар арахсан баранИмперия салайыытын иһин бэйэ бэйэлэрин кытары сэриилэһэр буолбуттар..

Туроктар Византияны ылыылара 1261–1453

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Византия Константинополы ылбыттарын кэнниттэн бэйэ бэйэлэрин уонна Европа норуоттарын кытта сэриилэрин иһин Туроктары кытта охсуһууга харчылара да, саллааттара да хаалбатаҕа. Сотору буолан баран Турцияны барытын 1331 сыллахха былдьаппыттара.

1369 сыллаахха Туроктар Турцияттан Грецияҕа саба түспүттэр уонна ону 1354–1450 салайан олоро сылдьыбыттара. Византия ол бириэмэҕэ элбэх сири, харчыны, саллааттары сүтэрбиттэрэ ол иһин атын дойдулартан көмөнү көрдөспүттэрэ. Папа Римский сорох саллаттары ыыппыта даҕаны 1453 сыл муус устарыгар элбэх Туроктар кэлэн Константинопольга саба түспүттэр. Куоппатах дьон атын Осмаан Империятын куораттарыгар ыытыллыбыттара. Ол кэнниттэн Осмаан Империятын киин куоратынан Константинополь буолбута.

Империя тугу хаалларбыта

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Империяҕа араас ситиһиилэрдээх этэ:

  • Империя илин дойдулартан саба түһүүлэриттэн хаххалыыр этэ
  • Улахан аҥара грек тылын уонна грек культууратын тута сылдьыбыттара
  • Арҕаа Европаҕа сүппүт Рим традицияларын эмиэ хаалларбыттара
  • Элбэх билиини хаалларбыттара - билигин ол бириэмэ туһунан ааҕыахха сөп.
  • Бэйэтэ туспа биллэр искусствоны хаалларбыттара
  • Православнай таҥара дьиэтин хаххалаабыттара
  • Дьиэлэри үчүгэйдик туталлара - ол бириэмэҕэ тутуллубут дьиэлэр билигин даҕаны бааллар
  • Ол бириэмэҕэ тутуллубут уу системата билигин даҕаны тутуллар
  • Турцияҕа уонна Грецияҕа тутуллубут таҥара дьиэлэрэ Византия бириэмэтигэр тутуллубута
  • Араас чинчийиилэри оҥорбуттара - ол курдук огнемет.
  • Араас билимнэргэ - ол курдук дипломатияҕа уонна байыаннай дьыалаҕа элбэҕи киллэрбиттэрэ