Варламова Мария Ивановна
Варламова Мария (Марфа) Ивановна (25.10.1930 — 28.10.2020) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, Саха АССР үтүөлээх артыыската, “Гражданскай килбиэн” Бочуот знагын лауреата, тыыл бэтэрээнэ.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1930 сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр Горнай оройуонун Мытаах нэһилиэгэр күн сирин көрбүт.
- 1953 с. — Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены бүтэрбит.
- 1956 с. — М. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы судаарыстыбаннай консерватория национальнай студиятын бүтэрбит.
- 1958 сылтан 2020 сылга дылы — Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыһынан үлэлээбитэ.
Айар үлэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]"Мария Ивановна Варламова 1956 сыллаахха Мусоргскай аатынан Урааллааҕы консерваторияны бүтэрэн баран, тыйаатырга тардыһыытын күүһүнэн, саха бастакы травести-артыыската Парасковья Семеновна Петрова ыллыктаах сүбэтин ылынан, таптыыр артыыһын солбуйан уолаттар, оҕолор оруолларын оонньообутуттан саҕалаан, кэрэ бэйэлээх саха да, омук да араас дьылҕалаах кыргыттарын, эмэхсийэ барбыт эмээхситтэргэ тиийэ оонньоон, үйэ аҥара айымньылаах суол киэҥ аартыгын тутуста".
- Васильева М.С. "Айар талаан кистэлэҥэ" кинигэтиттэн, 2006 с.
Тыйаатырга оонньообут сүрүн оруоллара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Мэхээски («Ситим быстыыта», Амма Аччыгыйа)
- Мюлдью («Сайсары» Суорун Омоллоон)
- Пистолет («Үс ини-бии» С. Ефремов)
- Жанболот («Ийэ сирэ», Ч. Айтматов)
- Күөрэгэй («Күөрэгэй», М. Обутова-Эверстова)
- Туллук («Дыгын Дархан», И. Гоголев)
- Василиса («Ньургуһун иккистээн тылыннар», Ф. Буляков)
- Ведьма («Макбет», Э. Ионеско)
- Хараанай («Хара кыталык», И. Гоголев)
- Мария Хосефа («Иччитэх дьиэ», Г. Лорка)
- Дьэбдьиэй – («Ааттаах поэт Арбита», Айсен Дойду)
- Аанчык – («Три новеллы о войне»).
Киинэҕэ оонньообут оруоллара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бабушка («Спасите наши души», режиссер К.Белевич, кинокомпания «Стармедиа»)
Кинигэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]«Айар талаан кистэлэҥэ» ааптара
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1978)
- «Гражданскай килбиэн» ураты Бэлиэ (2005)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската (2013)
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу артыыска сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |