Иһинээҕитигэр көс

Атырдьах ыйын 14

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 226-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 227-c күнэ). Сыл бүтүө 139 күн баар.

  • Аан дойдуга күлгэри күнэ[1]. Барыта 6 тыһыынчаттан тахса күлгэри көрүҥэ баар
  • Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ — Аҕа дойдуну көмүскээччилэри ахтар күн. 1992 сыллаахха бу күн саҕаламмыт сэриигэ өлбүттэри ахталлар
  • Ииндийэ Ииндийэ — Араарыллыы ынырыгын ахтар күн. 1946 сыллаахха бу күн урукку Британия Ииндийэтэ икки доминиоҥҥа араарыллыбыта: Билиҥҥи Ииндийэ уонна Пакистаан (кэлин Пакистаантан Бангладеш арахсыбыта). Бу араарыллыы түмүгэр элбэх ыал төрүт сирдэриттэн көһөргө күһэллибиттэрэ, элбэх киһи атааннаһыы кэмигэр өлбүттэрэ.
  • Ираан Ираан — Ислаам утарылаһыытын күнэ
  • Латвия ЛатвияРига куорат күнэ (Riga's Svetki)[2]
  • Пакистаан Пакистаан — Тутулуга суох буолуу күнэ. 1947 сыллаахха Ииндийэттэн арахсан туспа судаарыстыба буолбута
  • Португалия Португалия — Португалия Корридата үөскээбит күнэ[3]
  • 1385Литва улуу кинээһэ Ягайло Польшаны кытта сирдэрин холбуур туһунан Крев униятын түһэрсибит.
  • 1775 — Екатерина II ыраахтааҕы уурааҕынан Запорожскай Сечь суох гыныллыбыт. Польша мөлтөөн, суоһаабат буолбута, Кырыым Арассыыйаҕа холбоммута, Туурсуйаны кытта Күчүк Кайнардьатыыаҕы сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ (1774), онон ити эргин улахан байыаннай тэриллии баара ирдэммэт буолбута. Ону таһынан казаактар Арассыыйа бэлиитикэтин утарар дьайыылары оҥоруохтарын сөбө, оҥоролоро да, холобур, сирдэри былдьаһан субу-субу Таврияҕа көһөрүллүбүт сербтэргэ саба түһэллэрэ. Аны Пугачев өрө туруутун хам баттааһын кэнниттэн ыһыллыбыт дьон Запорожьеҕа барар былааннаахтара биллибитэ.
  • 1822Арассыыйаҕа кистэлэҥ уопсастыбалары бобор, масон ложаларын сабар туһунан ыйаах тахсыбыт. Чиновниктартан барыларыттан батынар сурук ылбыттар.
  • 1848Канаадаҕа ааҥыл тыла соҕотох судаарыстыбаннай тыл буоларын туһунан балаһыанньа дьайыыта тохтообут.
  • 1881 — ыраахтааҕы Александр III «Судаарыстыба куттала суох буолуутун уонна уопсастыба чуумпуруутун хааччыйар миэрэлэр тустарынан балаһыанньаны» бигэргэтэн, күбүрүнээтэрдэргэ киэҥ былааһы биэрбитэ. Ол курдук күбүрүнээтэр хаһыаттары сабар, атыы-эргиэн уонна промышленность тэрилтэлэрин, үөрэх тэрилтэлэрин үлэлэрин тохтотор, земстволары уонна куорат дуумаларын үлэлэрин быстах кэмҥэ тохтотор бырааптаммыта. Бу балаһыанньа 1917 сыллаахха дылы үлэлээбитэ.
  • 1900Ихэтуань өрө туруутун саба баттааһын кэмигэр аҕыс дойду холбоһуктаах сэриилэрэ (ол иһигэр Арассыыйа) Пекини ылбыттар. Ихэтуань диэн Кытайга тас дойдулар дьайыыларын утары тэриллибит хамсааһын. Кытай былаастара бастаан саба баттыы сатаабыттара, онтон өйөөбүттэрэ, тиһэҕэр импэрээтэр дьахтар Цыси аҕыс дойду альянсын диэки буолбута. Ол түмүгэр Кытай омук дойдуларыттан өссө күүстээх тутулукка киирбитэ.
  • 1904 — Нуучча-Дьоппуон сэриитин кэмигэр Порт-Артурга төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит хараабыллары быыһыы баран испит «Рюрик» крейсер тимирдиллибит. Бу крейсергэ аҕабыытынан Халыматтан төрүттээх Василий Оконешников сулууспалыы сылдьыбыта, бу кыргыһыыга хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. Дьоппуоннарга билиэн түбэһэн баран байыаннай буолбатаҕынан босхоломмута, Петербурга тиийэн сэбилэнии итэҕэстэрин кэпсээбитэ, көмүс биһилэҕинэн наҕараадаламмыта. Кэлин Томскайга духуобунай училищеҕа учууталлаабыта.
  • 1919 — Михаил Фрунзе салалталаах Туркестаан фрона Колчак соҕуруу аармыйатын утары Актюбинскай эпэрээһийэтин саҕалаабыт.
  • 1920Роман Оросин салайааччылаах контрреволюционнай саагыбары губчека аспытын туһунан телеграмманы Максим Аммосов Сибревкомҥа уонна Сиббюроҕа ыыппыт. Манан сибээстээн культурнай-сырдатар "Саха аймах" уопсастыба салайар дьоно "Оросин саагыбарыгар" кыттыбыттарын иһин ыһыллыбыт. Сиббюро бу быһыыны өйөөбөтөх, репрессиялары эрэ туһанар сыыһатын, культурнай-сырдатар уопсастыба Сэбиэскэй былааска да үлэлиэн сөбүн ыйбыт. Ол туһугар бассабыыктар бары бу уопсастыбаҕа киирэн салайааччы оруолун ылыахтаахтар эбит. "Саха аймах" уопсастыба уокуруктарынан уонна улуустарынан филиаллардааҕа, үөрэҕэ суохтары ааҕарга-суруйарга үөрэтиинэн, литэрэтиирэ уонна драма куруһуоктарын тэрийиинэн дьарыктанара, сырдатыы тиэмэлээх дакылааттары ааҕар биэчэрдэри оҥороро. 1918 сыллаахха бу уопсастыба Сэбиэскэй былааһы билиммэтэҕэ.
  • 1920 — кулун тутар 14 күнүгэр амнистияламмыт Өксөкүлээҕи Саха күбүөрүнэтин чинчийэр подотделын уус-уран литэрэтиирэҕэ сиэксийэтин сэбиэдиссэйинэн анаабыттар.
  • 1921 — Уруккута Кытай састаабыгар киирэр Танну-Урааҥхай (тыв. Таңды Урянхай, нууч. Урянха́йский край) диэн эрэгийиэн туспа баран Танну-Тува диэн судаарыстыба буолбут. 1926 сыллаахха аата уларыйан Тыва Народнай Өрөспүүбүлэкэтэ буолбута уонна 1944 сыллаахха ССРС састаабыгар киирбитэ.
  • 1930ССРС-ка начаалынай үөрэх булгуччулаах буолбут. 1934 сылга диэри ССРС территориятыгар барытыгар начаалынай үөрэх киирбитэ.
  • 1943ССРС-ка ядернай сэрии сэбин оҥорор сыаллаах лаборатория тэриллибит, лаборатрия салайааччыта — Игорь Курчатов.
  • 1945Дьоппуон императора Хирохито биир тыла суох бэринии туһунан ыйаах таһаарбыт.
  • 1950 — кэлин таба иититин сатабыллаахтык тэрийиитинэн аатырбыт киһи, бөдөҥ сопхуос дириэктэрэ, Социалистыы Үлэ дьоруойа буолбут Чурапчыттан төрүттээх Василий Кладкин үп техникумун бүтэрэн Томпо оройуонугар анаммыт, бу күнтэн ыла 7 сыл оройуон үбүн салаатыгар үлэлээбит.
  • 1972Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕынан Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи физико-математическай оскуола (РФМШ) тэриллибит, билигин — Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей.
  • 1986ССКП Киин кэмитиэтэ Сибиир өрүстэрин соҕуруу эргитэр үлэлэри тохтотор туһунан уураах таһаарбыт.
  • 1992
    • Борис Ельцин чиэгинэн приватизацияны саҕалыыр ыйаахха илии баттаабыт.
    • Грузия аармыйата Абхазияҕа киирбит. Грузин-абхааз сэриитэ саҕаламмыт.
  • 1994Хаббл телескоп Ураан тиэбэстэрин хаартыскаҕа түһэрбит.
  • 2013Эгиипэккэ ыксаллаах быһыы-майгы туруга биллэриллибит. Урукку бэрэсидьиэни Мохамед Морсины өйүүр демонстрааннары куттал суох буолуутун күүстэрэ ытыалаабыттар, сүүһүнэн киһи өлбүт.
  • 1919 — Сунтаар улууһугар Леонид Попов төрөөбүт (01.04.1990 өлб.) — суруйааччы, СӨ народнай бэйиэтэ.
  • 1923Николай Бажов (1959 өлб.), композитор, педагог, аан бастаан саха остуоруйатын ("Чурумчуку") муусукаҕа түһэрбит киһи. Быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолла.
  • 1948 — Николай Лугинов — саха норуодунай суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Духуобунас академиятын вице-бэрэсидьиэнэ.
  1. https://nationaldaycalendar.com/world-lizard-day-august-14/
  2. Событие - Rīgas svētki 2020 oficiālā mājas lapa Архыыптаммыт 2020, Балаҕан ыйын 28 күнүгэр.
  3. Какая погода ждет Москву с 14 по 21 августа - Газета.Ru