Армстронг Нил
Армстронг Нил | |
---|---|
Нил Армстронг | |
Төрөөбүтэ |
Нил Олден Армстронг 1930 сыл атырдьах ыйын 5 күнэ Вапаконета, Огайо, АХШ |
Өлбүтэ |
2012 сыл атырдьах ыйын 25 күнэ (82 саастааҕар) Цинциннати, Огайо, АХШ |
Cause of death | Операция кэнниттэн |
Residence | Цинцинати, Огайо |
Омуга | Американец |
Үөрэҕэ | Блюм оскуолата |
Alma mater |
Соҕуруу Калифорния Университета, Пурдью Университета |
Employer | НАСА |
Home town | Цинцинати, Огайо |
Тугунан биллэр | Ыйга бастакы киһи |
Профессор Армстронг Нил Алден (ааҥл. Neil Armstrong, 1930 сыл атырдьах ыйын 5 күнэ — 2012 сыл атырдьах ыйын 25 күнэ) — Америка астронаава. Огайо штатыгар төрөөбүтэ уонна ол штат араас сиригэр олорбута. Кини астронавт, тест пилот, космос инженерынан, университетка профессорынан үлэлээбитэ. Ыйга бастакынан үктэммитэ. 1969 сыл от ыйын 20 күнүгэр Нил Армстронг уонна Баз Олдрин ыйга түспүттэрэ. Ракеталарын аата Аполло 11 диэн ааттаах этэ. Иккиэн ыйга хаампыттара, ол бириэмэҕэ мөлүйүөнүнэн киһи ону телевизорынан көрбүттэрэ. Пурдью университетын аэронаука инженерын бакалавра буолбута уонна Калифорния Соҕуруу университетыттан Аэрокосмос инженерын билимин хандьыдаата буолбута. 1970 сыллаахха Пурдью университетын ытыктабыллаах билим доктора буолбута. 1971 сыллаахтан 1979 сыллаахха дылы Цинциннати университетыгар космос инженерын профессора буолбута.
Саамай биллэр цитатата; "Бу биир киһиэхэ кыра хардыы, киһи аймаҕар биир улахан ойуу. "
Оҕо сааһа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Нил Армстронг көтөрүн сөбүлүүрүн икки саастааҕар билбит. Аҕата Кливленд куоракка баар национальнай аэроспорт күрэхтэһиилэригэр ильдэрэ. Кини дьонноругар оҕуруотка ыраастыырга уонна сууйуллубут таҥаһы ыйыырга көмөлөһөрө. Нил Армстронг өссө ааҕарын сөбүлүүрэ, ол курдук бастакы кылааска сылдьан 90 кинигэни ааҕан иккис кылааһы көтүппүтэ.
Бастакынан самолетка 6 саастааҕар көппүтэ. Кини самолет моделларын оҥоророр уонна дьиэҕэ оҥоһуллубут тыал туннелыгар эксперименнары оҥороро. 16 саастааҕар көтөр праваны биэрбиттэрэ, ол аата кини массыынаны ыытар праватын иннинэ ылбыта. Пурдью университетыгар космонавтика инженерыгар киирбитэ ол гынан баран 1949 сыллахха призывтанан АХШ армиятыгар муора флотыгар ыҥырыллыбыта..[1]
Карьерата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Астронавт буолуон иннинэ Армстроны Пенсаколаҕа баар Авиа станцияҕа призывтаммыта. Кини пилот статуһун 20 саастааҕар ылбыта, ол аата эскадронугар саамай эдэр көтөөччү буолбута. 1950 сыллахха үөрэнэ сырыттаҕына Корея сэриитэ саҕаламмыта, онно кини 78 байыаннай миссияҕа кыттыбыта. Биирдэ кини самолета түҥнэри охсуллубута. Сэриигэ кыттан кини 3 мэтээли ылбыта. Ол кэнниттэн кини опыттаах пилот буолбут уонна эксперимент быһыытынан ракетанан көтөр Х-15 самолетынан боруоба көтүүлэргэ атмосфера кытыытыгар тиийэ көтөр буолбут.
Бастакы космос миссиятыгар 1966 сылаахха кулун тутар 16 күнүгэр Гемини 8 хараабылыгар командующай пилот быһыытынан көппүтэ. Кини Гемини 8 хараабылы Агена диэн номнуо космоска көтө сылдьар хараабылга холбоппута. Холбоһуута үчүгэйдик ааспытын да иһин орбитата биир буолбут уонна хараабыл эргийэр буолбут. Онно Армстронг Гемини хараабылы босхолоон хонтуруолу төттөрү ылбыт. Ол гынан баран син биир аварийнайдык эвакуациаламмыт уонна Чуумпу океаҥҥа сирдэммиттэр.
Олоҕо уонна өлүү
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Армстронг Джэнет Шиэрону 1956 сыллахха кэргэн ылбыт уонна 1994 сыллаахха арахсыбыт. Үс оҕоломмуттар: Марк, Эрик уонна Карен. Кини арахсан баран 1994 сыллахха Керол Хельд Найт диэн дьахтары кэргэн ылбыт уонна 2012 сыллаахха өлүөҕэр дылы олорбут. 2012 сыллаахха коронарнай артериятыгар операция кэнниттэн ыарырҕатыылар кэнниттэн Цинциннати куоракка 82 саастааҕар өлбүт.[2]
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- http://www.buzzle.com/articles/facts-on-neil-armstrong.html
- http://space.about.com/od/astronautbiographies/a/Biography-of-Neil-Armstrong.htm
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |