Олунньу 28
күнэ-дьыла
Олунньу 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 59-с күнэ. Сыл бүтүө 306 күн (ордук хонуктаах сылга 307 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
уларыт- Сэдэх ыарыылар күннэрэ. Сэдэх ыарыылары элбэх киһи билбэт буолан (ол иһигэр саҥа ыалдьыбыт ыарыһахтар бэйэлэрэ уонна быраастар), хойут биллэллэр, онон түргэнник эмтэниэх да ыарыыны баалатан кэбиһэллэр. Бу күн оннук ыарыылар тустарынан билиини тарҕатаары бэлиэтэнэр.
- Ииндийэ — Дойду билимин күнэ
- Финляндия — Калевала күнэ
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайбаан) — Эйэлээх кэриэстэбил күнэ
- Арааб дойдулара — Учуутал күнэ
- Андалусия — Андалусия күнэ
Түбэлтэлэр
уларыт- Б.э.и. 202 сыл — Лю Бан Кытай ыраахтааҕыта буолбут, түөрт үйэ тухары баһылаан олорбут Хань династия бастакы ыраахтааҕыта.
- 1066 — Вестминстер аббатствота олохтоммут.
- 1525 — ацтектар ыраахтааҕыларын Куаутемогу конкистадор Эрнан Кортес бирикээһинэн өлөрбүттэр.
- 1634 — Сахалар Өлүөнэ остуруогун төгүрүйүүлэрин кэмигэр, сабаҕалааһын быһыытынан, бороҕоттор уонна хаҥаластар, тыл -тылларыгар киирсибэккэ, төгүрүйүүнү устубуттар уонна тарҕаспыттар.
- 1638 — Эдинбурга Шотландия наассыйатын сөбүлэҥэ (гэль тылынан: An Cùmhnant Nàiseanta) диэн докумуоҥҥа илии баттаммыт. Бу Карл I хоруол Шотландия сыаркабын уларыта тутар баҕатын утарыы этэ.
- 1720 — Бүөтүр I ыйааҕынан дьыаланы-куолуну сааһылыыр соруктаах судаарыстыбаннай коллегиялар баар буолбуттар.
- 1732 — Санкт-Петербурга Арассыыйаҕа бастакы кадет корпуһа аһыллыбыт.
- 1825 — Арассыыйа уонна Улуу Британия Хотугу Америкатааҕы сирдэрин быысаһыытын чопчулуур туһунан конвенция түһэрсибиттэр.
- 1835 — «Калевала» диэн карел уонна фиин омуктарын эпоһын (олоҥхотун) бастакы барылыгар Элиас Лённрот күнүн-дьылын туруорбут, илии баттаабыт.
- 1922 — "Бандьыыттааһын тэнийбитинэн" сибээстээн Дьокуускай куоратыгар осаднай балаһыанньа биллэриллибит.
- 1922 — Эгиипэт Британияттан тутулуга суоҕун туһунан биллэриллибит.
- 1947 — Тайваҥҥа Гоминьдан былааһын утары өрө туруу саҕаламмыт. Өрө турууну аарымыйа, элбэх хааны тоҕон, хам баттаабыта.
- 1955 — үөрүүлээх быһыыга-майгыга "Ханой — Пекин — Москуба — Берлин" тимир суол маршрута аһыллыбыт.
- 1959 — РСФСР Миниистирдэрин сэбиэтин уурааҕынан, РСФСР үрдүнэн 100 саҥа «Баҕа өттүнэн оонньооччулар норуот дыраамтыйаатырдарын» тэрийии буолбут. Норуот тыйаатыра — РСФСР-га 50-с сылларга үөдүйбүт, онтон 90-с сыллар уларыйыыларын кэннэ Саха сиригэр эрэ хаалбыт тыйаатыр көрүҥэ.
- 1991 — Персия хомотун сэриитэ түмүктэммит.
- 1997 — Ираан хоту өттүнгэр сир хамсааһын түмүгэр 3000 кэриҥэ киһи өлбүт.
- 1997 — Туурсуйа генераллара дойдуга ислаам аһара күүһүрэн эрэрин утаран меморандум ылыммыттар. Мантан сылтаан сотору кэминэн Туурсуйа ислаам диэки охтубут Неджметтин Эрбакан баһылыктаах бырабыыталыстыбата эстибитэ.
- 1998 — Косово сэриитэ саҕаламмыт.
- 2004 — мөлүйүөнтэн тахса Тайвань олохтооҕо 228 «Илииттэн илиигэ» миитиҥҥэ тахсан 500 килэмиэтирдээх тыыннаах сыап оҥорбуттар. 1947 сыллаахха олунньу 28 күнүгэр буолбут түбэлтэни кэриэстээбиттэр.
- 2010 — Ванкуверга (Канаада) Кыһыҥҥы Олимпиада сабыллыбыт. Олимпиада былааҕа Сочи куоракка бэриллибит.
- 2013 — Рим паапата Бенедикт XVI солотуттан батыммыт. Бүтэһигин маннык түгэн 1415 сыллаахха буолбута.
Төрөөбүттэр
уларыт- 1909 — Прокопий Добрынин — Саха сириттэн төрүттээх бастакы идэтийбит скульптор.
- 1928 — Афанасий Осипов — ССРС норуодунай худуоһунньуга (1988), Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, И. С. Репин аатынан судаарыстыбаннай уонна Саха сирин хомсомуолун бириэмийэлэрин лауреата, РСФСР үтүөлээх худуоһунньуга, ССРС Художествоҕа Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаска Академиятын бэрэсидьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2000) уонна Горнай улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1952 — Иван Шамаев — саха бэлиитигэ, 1994 сылтан Өрөспүүбүлүкэ лицейин дириэктэрэ, Ил Түмэн V ыҥырыытын дьокутаата, физика уонна математика билимнэрин дуоктара. Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэгин ытык киһитэ.
- 1967 — Бүлүү Бороҕонугар Нина Иванова — саха аныгы тылын чинчийэр социолингвист учуонай, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
уларыт- 1525 — ацтектар бүтэһик ыраахтааҕыларын Куаутемогу испанецтар өлөрбүттэр (1495 төр.).
- 1924 — Санкт-Петербурга Семён Новгородов (1892 төр.), саха бастакы лингвиһэ, саха бастакы маассабай алпаабытын тарҕатааччы.