Ангстрем
Ааҥстрем (Å, швед. Ångström, нууч. а́нгстрем[1], шведтыы — о́нгстрём) — ырааҕы кээмэйдиир единица, 10−10 м (1 Å = 0,1 нм = 100 пм; 10000 Å = 1 мкм) тэҥ.
Швед физига уонна астронома Андерс Ангстрем аатынан ааттаммыт. Бу единица физикаҕа элбэхтик туттуллар, тоҕо диэтэххэ 10−10 м — Водород молекулатыгар электрон орбитаалын диаметрыгар тэҥ. Үгүс кристааллар атомнай эрэһиэккэлэрин арда эмиэ бачча кэриҥэ.
Быһаарыылар
уларыт- ↑ gramota.ru ситим-сир быһаарыыта