Билэҕит дуо/Рубрика архыыба/2011-09
Тас көрүҥэ
Балаҕан ыйын 1—30 күннэрэ
- Аан дойдуну бастакынан эргийбит киһинэн Магеллааны ааттыыллар эрээри, кини айанын кыайан түмүктээбэҕэ - төннөн иһэн Лапу-Лапу диэн испааннары утары сэриилэспит киһи илиититтэн өлбүтэ.
- Көһүйэ диэн кыра күөс. Батыйа диэн кыра батас.
- Киһи быраабын биирдэһиллибит декларацията Аан дойдуга саамай элбэх тылга тылбаастаммыт дөкүмүөннэртэн биирдэстэрэ - 375 омук тылыгар тылбаастаммыт.
- Франция протестааннарын (кальвинистары) гугеноттар диэн ааттыыллар. Бу дьону католиктар сөбүлээбэккэ биир түүн иһигэр 3000 тахса киһини өлөрбүттэрэ.
- Дьабарааскы ото, Дьабара эрбэһинэ уонна Дьабара отоно - тус-туспа үүнээйилэр.