Муhаммед
|
Муhаммед (араб. محمّد Muḥammad, 570 Мекка – бэс ыйын 8, 632 Медина) диэн Ислам итэҕэлин сүрүн киhитэ уонна Таҥара (Аллах) көрбүөччүтэ уонна илдьитэ. Ислам көрбүөччүлэриттэн тиhэх уонна ордук ытыктанар. Онтон таhынан дипломат, эргиэмсик, философ, оратор, сиэрдьит уонна сэрииhит быhыытынан биллэр.
Олоҕо
Муhаммед 570 с. Мекка диэн араб куоратыгар төрөөбүтэ. Курайш биистэн төрүттээх. Оҕо сааhыгар тулаайах хаалбыта, ол иhин кинини абаҕата, Абу Талиб, бэйэтигэр иитэ ылбыта. Эдэр сылдьан Муhаммед эргиэмсиктээбитэ уонна маныыhыттаабыта. 25 сааhыгар бастакытын кэргэн ылбыта (бастакы кэргэнин аата Хадидьа). Сотору Муhаммед дьонтон тэйэр буолбут, Мекка аттыгар баар Хира диэн хайаҕа тиийэн, хаспахха олорон эрэн, хас да нэдиэлэ устата Таҥараҕа үҥэр идэлэммит. 610 с., Рамадан ыйга, түүн хаспахха үҥэ олордоҕуна, киниэхэ Хабырыыл аанньал аан бастаан көстүбүт уонна Таҥара этиилэрин тириэрдибит. Ол этиилэртэн кэлин мусулмааннар ытык кинигэлэрэ Коран суруллубута. Хабырыыл бастакы көстүүтүн кэнниттэн Муhаммед үс сыл устата, биир Таҥара итэҕэлин, Исламы, кистээн тарҕаппыт. Саҥа итэҕэли бастакы ылынааччыларынан буолбуттара кини кэргэнэ Хадидьа уонна сорох чугас дьоно. Онтон сыыйа Исламҥа атын дьон кэлэн барбыттар, биирдии да, бөлөҕүнэн да. Батыhааччыларын ахсаана син балай эмэ элбээбитин кэннэ, Муhаммед Таҥара этиилэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ аhаҕастык этэн барбыт. Ол гынан баран, Мекка элбэх олохтоохторо кинини уонна кини этиилэрин утарбыттар. Ол иhин 622 с. Муhаммед бэйэтин батыhааччыларын кытта Мединаҕа көспүт (онтон ыла Ислам халандаара саҕаланар). Мединаҕа, Муhаммед олохтоох бэйэ бэйэлэрин кытта өстөһөр биистэри эйэлэhиннэрбитэ уонна бэйэтин итэҕэлигэр сүгүрүппүтэ. Аҕыс сыл устата Мекка биистэрин утары сэриилэhэн кинилэри хотон Мекканы баhылаан ылбыта (ол кэмҥэ батыhааччыларын ахсаана 10 тыh. дылы улааппыта). Муhаммед 632 с. Мединаҕа бүтэhигин кэриирдьиттээн баран аҕыйах ыйынан өлбүтэ. Кини өлүүтүн кэнниттэн, сотору кэминэн, Ислам Араб тумул арыытын улахан өттүгэр тарҕаммыта уонна Арабия биистэрин бииргэ холбообута.