Иһинээҕитигэр көс

Винокуров Илья Егорович: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
64 устуруока: 64 устуруока:
* [http://www.sakha.gov.ru/main.asp?c=4505 Официальный сервер органов госвласти РС(Я)]
* [http://www.sakha.gov.ru/main.asp?c=4505 Официальный сервер органов госвласти РС(Я)]
* [http://guides.eastview.com/browse/guidebook.html?bid=19&sid=9201 Kratkii' spravochnik po fondam filiala Natsional’nogo arkhiva Respubliki Sakha (Iakutiia)]
* [http://guides.eastview.com/browse/guidebook.html?bid=19&sid=9201 Kratkii' spravochnik po fondam filiala Natsional’nogo arkhiva Respubliki Sakha (Iakutiia)]

== Быһаарыылар ==
{{быһаарыылар}}


== Ылыллыбыт сирэ ==
== Ылыллыбыт сирэ ==
* Д. Кустуров. Үс моһолу туораппыт салайааччы.
* Д. Кустуров. Үс моһолу туораппыт салайааччы.
* Филиал Национального архива РС(Я). Ф. З. Оп.173. Д. 727.
* Филиал Национального архива РС(Я). Ф. З. Оп.173. Д. 727.



[[Категория:1896 сыллаахха төрөөбүттэр]]
[[Категория:1896 сыллаахха төрөөбүттэр]]

01:40, 27 Сэтинньи 2012 барыл

Винокуров Илья Егорович

Винокуров Илья Егорович — Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар саха омугун хоргуйан өлөртөн быыһаабыт, сэллик ыарыыга эмтэрбитин тохтотор суолга киллэрбит, Саха сирин автономиятын 1947 сыллаахха быһаары гыммыттарын көмүскээбит өҥөлөөх уһулуччулаах Саха Сирин салайааччыта.

ВКП(б) КК Уезтааҕы баартыйа үлэһиттэрин куурустарын 1926—1927 сс. үөрэнэн бүтэрбит, ВЦИК иһинэн сэбиэскэй тутуу үрдүкү куурустарын — 1935—1936 сс. бүтэрбит.

Олоҕун олуктара

Оҕо уонна эдэр сааһа

1896 сыл тохсунньу 1 (эргэ истиилинэн 1895 сыл ахсынньы 20) күнүгэр Дьокуускай уокуругун Нам улууһун Куһаҕан Ыал (Ленскэй) нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата Егор Николаевич Винокуров дьадаҥы этэ, ол эрээри кимиэхэ да хамначчыттаабатаҕа, бэйэтин уонна дьиэ кэргэнин иитэргэ 3-4 ынахтаах, 1 сылгылаах, ыһар бааһыналаах этэ. 1898 сыллаахха сэлликтэн өлбүтэ. Нөҥүө сылыгар ийэтэ хараҕа суох буолбута, онон 4 саастаах уол ийэтинээн уонна тоҕустаах эдьиийинээн ыалы кэрийэ барарга күһэллибиттэрэ. Икки сыл аҕатын убайыгар Баһылайга иитиллибиттэрэ, онтон кини өлбүтүн кэннэ атын убайыгар Мэхээлэҕэ олорбуттара. Икки сыл буолан баран кини эмиэ сэлликтэн быстыбыта. Аҕатын өссө биир быраата Уйбаан эмиэ сэлликтэн өлбүтэ, кини 7 оҕото тулаайах хаалбыттара. Аҕатын тыыннаах хаалбыт соҕотох быраата Ньукулай босхоҥ этэ.

Онон Илья ийэтэ ыаллыы сытар Хамаҕаттаҕа улахан уолугар Миитэрэйгэ көспүтэ. Жирков Дмитрий Николаевич - Илья ийэтин бастакы өлбүт кэргэниттэн уола.

Илья 9 саастааҕар нэһилиэк этиитинэн биир кылаастаах туора урдустарга аналлаах училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Тулаайах быһыытынан мөссүйүөҥҥэ олорбута, туйгуннук үөрэммитэ. Кинини кытта кэлин бассабыык буолбут Максим Аммосов, Степан Д. Трапезников (Токуос), С.К. Сивцев үөрэммиттэрэ.

Оскуолатын 1908 сыллаахха 12 саастааҕар бүтэрбитэ, үөрэҕин салгыыр үбэ суох буолан ийэтин кытта Жирковтарга олорбута. Ийэтэ уолу Павел Иванович Кравченко диэн политсыылынайга үөрэттэрэ биэрэ сылдьыбыта. Ол эрээри икки эрэ ыйтан ордук үөрэммитин кэннэ олорор ыалларын ийэлэрэ өлөн хаалбыта, онон үөрэх тохтообута. Нөҥүө сылыгар (1912) Илья ийэтэ бэйэтэ өлбүтэ.

Эдэр уол хаартынан, ат сүүрдүүтүнэн үлүһүйбүтэ, арыгы иһэр буолбута. Онон быста дьадайбыта. Дьиэтэ суох хамначчыт буолбута. Москвитин Н.К. диэн атыыһыкка 4 солкуобайга кэпсэтэн үлэлиир буолбута.

1916 сыллаахха аймаҕар Винокуров Уйбаан Уйбаанабыска наймылаһан Булуҥҥа балыктаһа барсыбыта. Онно хаалар былааннаах этэ да, харчытын барытын матайдаан кэбиһэн күһүн төннүһэн кэлбитэ. Нөҥүө сааһыгар эмиэ барсыбыта, бу сырыыга күһүнү 5 солкуобайдаах, биир буут бурдуктаах, 5 муунта сүөгэйдээх көрсүбүтэ, онон Булуҥҥа хаалбыта. Өрөбөлүүссүйэ буолбутунан сибээстээн хаһаайыныттан 15 буут балыгы көрдөөн ылбыта, уонна атыылаабыта. Кыра харчыланан Уйбаан Жирков диэн булчукка үлэлии киирбитэ. Саҥа Сибиир арыыларыгар бултаһа барбыта, икки сыл онно олорбута. 1920 сыллаахха Булуҥҥа төннүбүтэ уонна дойдулуур, онтон салгыы Бодойбоҕо харчы өлөрө барар санааламмыта[1].

Уопсастыбаннай олоххо кыттыы

1921—1922 сс. — Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин ревкомун бэрэстээтэлэ;

1922—1924 сс. — Нам буолаһын исполкомун бэрэстээтэлэ;

1924—1926 сс. — Булуҥ уокуругун Сэбиэтин исполкомун бэрэстээтэлэ;

1926—1927 сс. — ВКП(б) КК Уезтааҕы баартыйа үлэһиттэрин куурустарын истээччитэ;

1927—1929 сс. — Булуҥ уокуруктааҕы баартыйатын кэмитиэтин сэкиритээрэ;

1929—1931 сс. — Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин (ЦИК) инструктора;

1931—1933 сс. — Нам оройуонун МТС-ын дириэктэрэ;

1933—1934 сс. — САССР Наркомземын сылгы иитиитигэр управлениятын начальнига;

1934—1935 сс. — Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин (ЦИК) инструктора;

1935—1936 сс. — ВЦИК иһинэн сэбиэскэй тутуу үрдүкү куурустарын;

1937 с. — Бүлүү райисполкомун бэрэстээтэлэ;

1938—1939 сс. — Саха АССР доруобуйа харыстабылын наркома;

1939—1943 сс. — Саха АССР совнаркомун бэрэстээтэлин солбуйааччы;

1943 с. бэс ыйа — 1946 с. ахсынньы — Саха АССР совнаркомун бэрэстээтэлэ;

ахсынньы 1946 с. — ыам ыйа 1952 с. — Саха сирин обкуомун бастакы сэкиритээрэ;

ахсынньы 1952 с — Саха сиринээҕи «Сельстрой» трест управляющайа.

1955—1957 — «Якутстрой» трест 2№ тутар управленияетын начальнига.


Саха сирин обкуомун чилиэнинэн 1928, 1940, 1952 сс. талыллан үлэлээбитэ; ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан 1947 с. талыллыбыта, САССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынани 1938—1952 сс. талыллыбыта. Ленин, Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан уонна ССРС араас мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

1957 сыллаахха өлбүт.

Сигэлэр

Быһаарыылар

  1. Алексеев Е.Е., Жизнь и деятельность И.Е. Винокурова. Я., 1995, Сахаполиграфиздат

Ылыллыбыт сирэ

  • Д. Кустуров. Үс моһолу туораппыт салайааччы.
  • Филиал Национального архива РС(Я). Ф. З. Оп.173. Д. 727.