Сыллар
1926 1927 1928 192919301931 1932 1933 1934
Уоннуу сыллар
1900-с 1910-с 1920-с1930-с1940-с 1950-с 1960-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1930 сыл.

Туох буолбута

уларыт

Хаһан буолбута чопчуланыахтаах

уларыт
  • Дьокуускайга кирпииччэ уонна мас таҥастыыр собуоттар, тирии таҥастыыр комбинат үлэҕэ киирбиттэр
  • Туймаада хочотун хоту өттүгэр Хаҥалас диэн сиргэ (Хотугу Ытык хайа) таас чоҕу хостуур рудник үлэтин саҕалаабыт.

Тохсунньу

уларыт
  • Тохсунньу 12Дьокуускайга лесопилка тутулунна.
  • Тохсунньу 21 — ОГПУ Хотугу хомуур этэрээтэ Күһүүр сэлиэнньэтин утарылаһыыта суох ылбыт.
  • Тохсунньу 26 — Ииндийэ национальнай кэнгириэһэ ол саҕанааҕы Британия Ииндийэтэ толору бэйэни салайыныыны ("Пурна Сварадж") туруулаһыахтаах тустааҕын биллэрбит. Конгресс Ииндийэ олохтоохторун тохсунньу 26 күнүн Тутулуга суох буолуу күнүн быһыытынан бэлиэтииллэригэр ыҥырбыт. Пурна Сварадж 17 сылынан олоххо киирбитэ.
  • Тохсунньу 30Ленскэй улууһа тэриллибит.

Олунньу

уларыт
  • Олунньу 1 — ССРС-ка киэҥ далааһыннаах коллективизация саҕаламмыт.
  • Олунньу 21 — ВКП(б) Саха обкуомун "Кулактары утары охсуһуу туһунан" уурааҕа тахсар.
  • Олунньу 25Саха АССР Совнаркомугар гидрометеорология сулууспатын бюрота тэриллибит. Бюро соруга — Саха сиринээҕи гидрометеорология сулууспатын үлэтин иилээн-саҕалаан ыытыы.

Кулун тутар

уларыт
  • Кулун тутар 2 — «Правда» хаһыакка Сталин «Ситиһииттэн сылтаан мэйии эргийиитэ» (нууч. Головокружение от успехов) ыстатыйата тахсыбыт, коллективизация кэмигэр аһара барыыны кириитикэлээбит.
  • Кулун тутар 25ЯЦИК дэкириэтинэн Таатта улууһун 17 нэһилиэгиттэн уонна Байаҕантай улууһун 11 нэһилиэгиттэн хомуллан Таатта оройуона үөскээбит. Киинэ Ытык Күөлгэ буолбут, Хайахсыт нэһилиэгэ Чурапчы улууһугар бэриллибит. Санаттахха, Таатта улууһа туспа биирдэм быһыытынан 1913 сыл бастакы күнүттэн (урукку ааҕыынан) Боотур уус (Боотуруускай) улууһуттан араарыллан үөскээбитэ, киинэ Чөркөөх этэ.
  • Кулун тутар 25ЯЦИК дэкириэтинэн Боотуруускай улуус Чурапчы оройуона диэн ааттанар. Санаттахха бу улуус докумуоннарга 1638 сыллаахтан ахтыллар. Бу киэҥ сиринэн тайаан сыппыт улуустан өрөбөлүүссүйэ иннинэ Амма уонна Таатта улуустара араарыллан үөскээбиттэрэ.
  • Кулун тутар 28 — Константинополь уонна Ангора куораттар саҥа туурактыы ааттаммыттар — Стамбул уонна Анкара.

Муус устар

уларыт
  • Муус устар 5 — ЯЦИК №23-дээх уурааҕынан Дьокуускайга орто анал техническэй үөрэх политехникума аһыллыбыт. Салаалара — индустриальнай, тыа хаһаайыстыбата, педагогика, медиссиинэ уонна кооперативнай. Сайын бу политехникум оннугар техникумнар ситимнэрин үөскэппиттэрэ, саҥа техникумнар ведомстволарга сыһыарыллыбыттара.
  • Муус устар 6 — ССРС-ка Ленин, Кыһыл Сулус уордьаннара олохтоммуттар.
  • Муус устар 11 — литэрэтиирэни ырытааччы, түмэт диэйэтэл Василий Леонтьев (05.03.1895—22.01.1932) РСФСР Холуобунай кодексатын 17-с уонна 52-2 ыстатыйаларынан сымыйанан буруйданан тройка «суут» бириигэбэринэн 3 сыл концлааҕырга угуллубут. Төннүбэтэҕэ.

Ыам ыйа

уларыт
  • Ыам ыйын 2 — Горькайдааҕы массыына собуотун (ГАЗ) тутуу саҕаламмыт. 1932 сыл бастакы күнүгэр үлэҕэ киирбитэ.

От ыйа

уларыт
  • От ыйын 13 — аан дойду футболга бастакы чемпионата Уругвайга буолбут.
  • От ыйын 22 — Дьокуускайга 4 килватт уонна 250 ваттаах пердптчиктардаах телеграф радиоцентра үлэҕэ киирэр.

Атырдьах ыйа

уларыт
  • Атырдьах ыйын 2 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкомун дьаһалынан саас тэриллибит орто анал техническэй үөрэх политехникума реорганизацияламмыт. Кини оннугар техникумнар ситимнэрин үоскээбит, саҥа техникумнар ведомстволарга сыһыарыллыбыттар.
  • Атырдьах ыйын 2Дьокуускайга суол-тутуу уонна тутуу техникумнара аһыллыбыттар. 1933 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр Саха АССР Совнаркомун уурааҕынан ити икки технукуму холбоон тутуу техникумун үөскэппиттэр. 1939 сыллаахха автотранспортнай техникум буолбута, онтон 1947 сыллаахтан ыла — Дьокуускайдааҕы дьиэ-уот уонна тутуу техникума. 1960-1990 сылларга Алданнааҕы хайа техникумугар сыһыарылла сылдьыбыта.
  • Атырдьах ыйын 3Саха АССР Эргиэн наркоматын быһаарыытынан Дьокуускайга эргиэн уонна сырье техникума тэриллибитэ. Билиҥҥитэ Дьокуускайдааҕы потребительскай кооперация эргиэн уонна экэниэмиэкэ кэллиэһэ.

Күһүн

уларыт

Күнэ-дьыла чопчуланыахтаах:

  • Дьокуускайга Тыа механизатордарын бастакы куурустара аһыллыбыт. Сэбиэдиссэйинэн Павел Марков, үөрэтээччилэринэн сахалартан бастакы мэхээньик Куонаан Сысолятин, Михаил Каликин уонна Саха сирин бастакы тырахтарыыстара Яков Эстеркес уонна Борис Попов буолбуттар[1].

Балаҕан ыйа

уларыт

Сэтинньи

уларыт
  • Сэтинньи 7 — Саха араадьыйата аан бастаан «Саҥарар Дьокуускай» диэн тылларынан саҕалаан сахалыы тахсыбыт. Саха сирин араадьыйата төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар.
  • Сэтинньи 9 — Саха араадьыйатын үлэтин үһүс күнүгэр Николай Субуруусскай дакылаат оҥорбут.

Алтынньы

уларыт
  • Алтынньы 5 — Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Дьокуускайга тирии таҥастыыр собуоту арыйбыттар. Даркылаах хос үөс кытылыгар тутуллубут, «Красный кожевник» диэн ааттаах эбит. Кэлин бу тэрилтэ «Сахабулт» концерн буолбута.
  • Алтынньы 5 — Алданнааҕы хайа техникумугар бастакы үөрэх күнэ буолбут. Бу Саха АССР бырабыыталыстыбатын көҕүлээһининэн Минцветмет систиэмэтигэр аһыллыбыт үөрэх кыаһата эбит. Бастакы 30 киһи икки салааҕа үөрэммиттэр: хайа-эксплуатациялыыр үлэлэр, геологоразведочнай үлэлэр. Билигин Алданнааҕы политехническэй техникум диэн ааттаах.
  • Алтынньы 20 — Арҕаа Сибиир кыраайын састаабыгар Хакас автономнай уобалаһа тэриллибит.

Ахсынньы

уларыт

Төрөөбүттэр

уларыт
  • От ыйын 12Алексеев Егор Егорович — устуорук, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Нам, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустарын, Бүлүүчээн нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
  • Ахсынньы 5Иван Серебряков — экскаваторщик, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1966), Мирнэй куоратын Ытык олохтооҕо (1964).
  • Ахсынньы 22 — Анна Мыреева (2012 өлб.) — эбэҥки филологиятыгар идэтийбит чинчийээччи, биллиилээх тылбаасчыт, эбэҥки оскуолаларыгар анаан эбэҥкилэр үгэстэрин (оонньууларын, аһылыктарын) үөрэтэр кинигэлэри суруйбут, эбээн ырыаларын хомуурунньугун бэлэмнээбит учуонай. Саха Өрөспүүбүлэктин Ил Дарханын таһынааҕы тыл политикатыгар Түмсүү чилиэнэ.

Өлбүттэр

уларыт
  • Ыам ыйын 13 — аатырбыт айанньыт Фритьоф Нансен. Хотугу Полюска айаннарынан ордук биллэр эрээри, дьиҥэр бөдөҥ учуонай уонна элбэх үтүөнү оҥорбут гуманист диэйэтэл этэ. Норвегия тутулуга суох буолуутун туруорсубута, Сэбиэскэй Арассыыйаны атын дойдулар билинэллэригэр элбэх сыратын уурбута, Волгаҕа хоргуйуу буолбутугар Европаттан көмө тэрийбитэ. Аан дойду бастакы сэриитин кэнниттэн тыһыынчанан дьону дойдутугар төннөрбүтүн, күрээбит дойдуларыгар олохсуйарга көмөлөспүтүн, дьылҕатын тупсарбытын иһин 1922 с. Нобель Эйэҕэ бириэмиэйтин ылбыта.
  1. Пантелеева И.Д., Гусева Н.В. Время выбрало нас: 75-летию Якутского индустриально-педагогического колледжа посвящается. — Якутск: Якутский край, 2009. — С. 18. — 272 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-89053-103-2