Ахсынньы 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 351-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 352-c күнэ). Сыл бүтүө 14 күн баар.

Бэлиэ күннэр

уларыт
  • Дойдулар ардыларынааҕы секс-үлэһиттэри атаҕастааһыны тохтотуу күнэ
  • Арассыыйа  Арассыыйа — Стратегическэй аналлаах ракетнай сэриилэр күннэрэ
  • Арассыыйа  Арассыыйа — Судаарыстыбаннай фельдъегерь сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
  • АХШ  АХШ — Ини-бии Райттар күннэрэ. Авиация күнэ
  • Бахрейн  БахрейнИса бин Салман Аль Халифа эмиир бөрүстүөлгэ олорбут күнэ. 1961 сыллаахтан Бахрейн хакима этэ, онтон 1971 сыллаахха дойдуга бастакынан эмиир буолбута, 1999 сыллаахха өлүөр диэри ыраахтааҕылаабыта
  • Беларусь  Беларусь — Беларусь киинэтин күнэ
  • Бутан  Бутан — Дойду күнэ
  • Украина  Украина — Украина судаарыстыбаннай (буруйдааһыны) толорторуу сулууспатын үлэһитин күнэ
  • Ираак Курдистаана  Ираак Курдистаана (куурд омуктар) — куурд былааҕын күнэ

Түбэлтэлэр

уларыт
  • 1398 — Дели султанаатын аармыйатын Тимур аармыйата урусхаллаабыт. Ииндийэни ылбыт. Султан Насир-уд-Дин Махмуд Шах Туглук эмиэ Тимур бэйэтин курдук түүр төрүттээҕэ, Туглуктар династияларын тиһэх бэрэстэбиитэлэ, бэйэтин кэмигэр сүрдээх үөрэхтээх киһи этэ. Дели оччотооҕу аан дойду саамай баай куораттарыттан биирдэстэрэ буолара, онтон Тимур сэриилээбитин, куораттарын урусхаллаабытын, дьоннорун өлөртөөбүтүн кэннэ Ииндийэ биир үйэ тухары кыайан өрүттүбэтэҕэ.
  • 1637Дьоппуоҥҥа «Симабаратааҕы өрө туруу» саҕаламмыт. Христианскай итэҕэли бобууну, ону кытары ыарахан түһээннэри утарбыт бааһынайдар өрө турбуттар. Сотору кэминэн самурай сэриитэ кинилэри хам баттаабыт, христианство букатыннаахтык бобуллубут уонна дойду 200 сыллаах изоляцияҕа хатаммыт.
  • 1777 — Америка өрөбөлүүссүйэтэ: Франция Холбоһуктаах Штааттары билиммит.
  • 1819Соҕуруу Америкаҕа Испания колонияларын босхолооччу Симон Боливар Улуу Колумбия тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1903АХШ-ка ини-бии Райттар аан бастакыннан салгыннааҕар ыарахан аалы көтүппүттэр. Көтүү ырааҕа — 37 м, көппүт кэмин уһуна — 12 сөкүүндэ.
  • 1926ССРС-ка бастакы бүтүн сойуустааҕы биэрэпис саҕаламмыт. Саха АССР-га усулуобуйа ыараханын иһин биэрэпис киин оройуоннарга саас, онтон хоту оройуоннарга күһүн биирдэ түмүктэммитэ.
  • 1932Хотугу байҕал суолун сүрүн дьаһалтата (Главное управление Северного морского пути - Главсевморпуть) тэриллибит. Главсевморпуть сүрүн сыала — Арктиканы туһаҕа таһаарыыны уонна Хотугу байҕал суолунан хараабыллар сылдьалларын хааччыйыы.
  • 1934Турцияҕа ким даҕаны «Ататүрк» диэн араспаанньаны ылыа суохтааҕын туһунан сокуон тахсыбыт.
  • 1943АХШ-ка кытайдар олохсуйа кэлиилэрин бобуу көтүрүллүбүт.
  • 1950Дьокуускайга сэллиги чинчийэр билим институтун филиала аһыллыбыт. Бу тэрилтэ аһылларыгар уһулуччулаах саха салайааччыта, сэлликтэн чугас дьонун эрдэ сүтэрбит Ылдьаа Винокуров улахан өҥөлөөх.
  • 1957Москубаҕа Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспутун 325 сылыгар анаммыт Саха литэрэтиирэтин уонна ускуустубатын декаадата бүппүт. Большой тыйаатырга Декааданы түмүктүүр улахан үөрүүлээх кэнсиэр буолбут, саалаҕа дойду үрдүкү салайааччылара Никита Хрущев, Анастас Микоян, Леонид Брежнев бааллар эбит.
  • 1972ССРС 50 сыла туолуутун бэлиэтээн Норуоттар Доҕордоһууларын уордьана олохтоммут. Бу уордьанынан Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) наҕараадаламмыта. 1994 сыллаахха Доҕордоһуу уордьанынан солбуллубут.
  • 1989АХШ-ка «Симпсоннар» мультсериал бастакытын тахсыбыт.
  • 2010Туниска Мохамед Буазизи диэн ырыынак атыыһыта бэйэтин уматыммыт. Мантан сылтаан улахан бырачыастар тоҕо тардылыбыттара, Тунис өрөбөлүүссүйэтэ уонна Арааб сааһа саҕаламмыттара.

Төрөөбүттэр

уларыт

Өлбүттэр

уларыт
  • 1273Руми (Джалал ад-Дин Мохаммад Руми) — Персия учуонайа, бэйиэт (1207 төр.). Айымньылара 7 үйэ тухары элбэх омук сайдыытыгар сабыдыаллаан кэллилэр (билиҥҥи Киин Азияҕа олорор ираанецтарга, таджиктарга, туурактарга, гириэктэргэ, пуштууннарга, Ииндийэ мусульмааннарыгар). Билигин да кэккэ дойдуга саамай атыыланар бэйиэт быһыытынан биллэр (АХШ-ка, Туурсуйаҕа, Азербайджааҥҥа, Ирааҥҥа). Айымньыларын перс, туурак, арааб, гириэк тылынан суруйара.
  • 2014 — Игнатий Каратаев — саха тылын учуобунньуктарын ааптара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимин хандьыдаата, С. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун ытык киһитэ.